Хампаанньа уһуйаан иитиллээччилэригэр мебель уонна интерактивнай кумаҕынан оонньуур оборудованиены бэлэхтээтэ.
Интерактивнай оонньуур остуоллаах, кумах кутар улахан иһиттээх, проектордаах уонна камералаах. Аныгы үйэ технологиятын туһанан уонна айылҕа матырыйаалларын көмөлөрүнэн оҕолор араас ландшафтнай оҥоһуктары оҥоруохтарын, кинилэр өҥнөрө, тутуллара уларыйалларын кэтээн көрүөхтэрин, айылҕа эбийиэктэрин тутуохтарын сөп. Маннык дьарыктар оҕону киэҥник анаарарга, кыра оҕо илиитэ имигэстик хамсана үөрэнэригэр, сайдарыгар көмөлөһөллөр. Маны сэргэ, ойуулуур-дьүһүннүүр талаан, болҕомто, уонна оҕо саҥата сайдарыгар туһалаах.
«Уһуйааммытыгар маннык интерактивнай песочницаны ылыахпытын баҕарбыппыт ыраатта. «РНГ» АУо көмөтүнэн баҕа санаабыт, дьэ, туолла. Саҥа оборудованиебытын оҕо өй-санаа өттүнэн уонна физическэй сайдыыларыгар туһуламмыт үөрэхтэргэ, дьарыктарга туттуохпут», - диэн «Кэнчээри» оҕо уһуйаанын дириэктэрэ Снежана Алексеева бэлиэтээн эттэ.
«РНГ» АУо Таас-Үрэх нэһилиэгин оҕо уһуйааныгар хаһыс да сылын өйөбүл буолар. Маны сэргэ, хампаанньа бу детсад тутуутугар эмиэ көмөлөспүтэ. Анаан-минээн техника ыыппыта. Бүгүҥҥү күҥҥэ уһуйааҥҥа 50 оҕо сылдьар.
«Кэнчээри» оҕо уһуйаана нэһилиэккэ соҕотох. Өрүү өйөбүл буола сатыыбыт. Бэлэхпит олус туһалаах уонна наадалаах буоларыгар эрэллээхпит», - диэн «РНГ» АУо генеральнай дириэктэрэ Владимир Ракитин санаатын үллэһиннэ.