Бу ааспыт сыллардааҕар 5 төгүл элбэх. Тэрээһин региоҥҥа уу биоресурсаларын сайыннарыы сөбүлэҥэр олоҕуран уонна хампаанньа бэйэ баҕатын биллэрэн ыытыллар.
Үлэни ыытыы сөбүлэҥэ Чернышевскайдааҕы балык собуотун кытары түһэрсилиннэ. Бу тэрилтэ Саха сиригэр балыгы иитиинэн дьарыктанар соҕотох хаһаайыстыба буолар. Ууну Бүлүүтээҕи водохранилищеттан ылаллар, искэхтэн балык ыамаларын иитэн таһаарыы хас да ый устата ыытыллар.
2018 сыллаахтан «РНГ» АУо экологтара Саха сирин өрүстэригэр 1 мөлүйүөн 566 тыһыынча быраҥаатта балык ыаматын ыыттылар. Быйылгы сылга балыгы ууга ыытыыны бэс ыйын бүтэһигэр, Аанньаах үрэххэ былаанныыллар.
Маны сэргэ, АО «РНГ» хампаанньа иһинэн үлэлиир тэрилтэ Чернышевскайдааҕы балык собуотугар үтүө санааннан салайтаран, көмө быһыытынан хаһаайыстыба территориятын оҥорууга 200 тонна үлтүркэй таас (щебень) биэрдэ.
«Биһиги «РНГ» АУо-ҕа бииргэ үлэлэһии иһин махталбытын биллэрэбит. Биир санаанан салайтаран Саха сирин өрүстэрин, күөллэрин сыаннай боруодалаах балыгынан толорорго киэҥ хабааннаах, кэскиллээх үлэни ыытабыт», – диэн Чернышевскайдааҕы балык собуотун дириэктэрэ Василий Черепанов санаатын үллэһиннэ.