Культурнай программа тэрээһиннэрэ Москва уонна Санкт-Петербург куораттарга ыытылыннылар. Итиэннэ Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын бэлиэтиир үбүлүөйдээх сылын ситиһиилээхтик түмүктээтилэр.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин күннэрин чэрчитинэн дойду икки киин куораттарын олохтоохторугар уонна ыалдьыттарыгар анаан уопсайа 15 араас культурнай тэрээһиннэр ыытылыннылар. «РНГ» АУо «Сказ на бивне мамонта» диэн сүрэхтэммит, муоһунан кыһыы искусствотын фестивала үөрүүлээх аһыллыытыгар кыттыыны ылла. Бу тэрээһин «Экспоцентр» киинигэр үрдүк таһымҥа буолан ааста. Хампаанньа исписэлиистэрэ тэрийээччилэргэ, норуот уус-уран оҥоһуктарын үйэтитиигэ уонна сайыннарыыга сүҥкэн кылааттарын иһин, өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттардылар.
«Биһиги сүрүн сыалбыт – сүтэн, симэлийэн эрэр, региоҥҥа баар муоһунан кыһыы оскуолаларын сөргүтүү, Россия норуоттарын материальнай культураларын хаҥатыы буолар. «РНГ» АУо-ҕа тэрээһиҥҥэ болҕомто ууран кыттыыны ылбыккыт иһин махталбытын биллэрэбит», – диэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин «Уус» норуоднай, уус-уран оҥоһуктары сайыннарыы пуондатын салайааччыта Яна Игнатьева санаатын үллэһиннэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин күннэрин икки нэдиэлэлээх программатын чэрчитинэн Москва уонна Санкт-Петербург куораттарга, РФ баараҕай регионнарын кытары сибээстээх, улахан суолталаах тэрээһиннэр ыытылынналыр: быыстапкалар, фестиваллар, куонкурустар уонна кэнсиэртэр.