Перейти к основному содержанию

«СюльдюкарНефтеГаз» ХЭТ уонна «РНГ» АУо Соҕуруу-Сүлдьүкээрдээҕи энергетическэй комплекс тутуутун бастакы уочаратын түмүктээтилэр

09 июня 2022

Бырайыак олоххо киириитэ аҥардастыы эбийиэги эрэ уотунан хааччыйыыга буолбакка, попутнай нефтяной гааһы туһаныыга табыгастаах, туһалаах буолуоҕа. Билигин эбийиэккэ үлэни толору күүһүнэн саҕалыырга бэлэмнэнии барар турар.

3,48 МВт кыамталаах энергетическэй комплекс бастакы уочаратын тутуута 2021 сыллаахха «СюльдюкарНефтеГаз» ХЭТ сакааһынан саҕаламмыта. «РНГ» АУо исписэлиистэрэ бырайыак олоххо киириитин чэрчитинэн оборудованиены тиэрдии үлэтигэр, монтаж хаачыстыбатын хонтуруолугар уонна комплексы үлэҕэ киллэрэр тэрээһин боппуруостарыгар үлэлэстилэр.

Бүгүҥҥү күҥҥэ сүрүн оборудованиены таҥыы үлэтэ түмүктэннэ. Блочнай-модульнай автоматизированнай газопоршневай электростанциялар, сабыылаах тииптээх тарҕатар устройстволар (ЗРУ), генераторнай тарҕатар устройство (ГРУ) уонна комплектнай трансформаторнай подстанция (КТП) бэлэм буоллулар. Топливнай гаас установката пробнай эксплуатацияны ааһарга бэлэмнэнэр.

Электроэнергия генерациятыгар баайдаах сиргэ хостонор попутнай нефтяной гаас (ПНГ) туһаныллыаҕа. Бу экологическэй уонна экономическэй өттүнэн көдьүүстээх буолуоҕа. Билигин ПНГ Орто Ботуобуйатааҕы ниэп, гаас, гаас конденсата хостонор баайдаах сир Илин блогар (Восточный блок Среднеботуобинского НГКМ) ситиһиилээхтик туһаныллар.

Лицензионнай учаастакка уоту биэрии ВЛ-10кВ уот ситиминэн, комплектнай трансформаторнай подстанциянан сир баайын хостуур эбийиэктэргэ бэриллиэҕэ. Манна киирэллэр кустовой былассааккалар, баахтабай бөһүөлэк, ниэби бэлэмниир сыах.

«ПНГ-ны табыгастаахтык туһаныы оҥорон таһаарыы үлэтигэр улахан болҕомто киинигэр сылдьар. Партнердарбытын кытары хас да бырайыакка бииргэ үлэлэһэбит. Инникитин былааммытыгар бу хайысханы салгыы ыытар сыал-сорук туруорунабыт», – диэн «РНГ» АУо генеральнай дириэктэрэ Владимир Ракитин санаатын үллэһиннэ.

2022 сылга Орто Ботуобуйатааҕы ниэп, гаас, гаас конденсата хостонор сирин Илин блогар энергетическэй комплекс кыамтатын 5-тэн 11 МВт улаатыннарар сорук турар.