«Россиятааҕы Кыһыл Кириэс» бүтүн дойдутааҕы общественнэй тэриллиини кытары бииргэ үлэлэһии сөбүлэҥэр олоҕуран, хампаанньа эмсэҕэлээбит оройуоннарга эминэн-томунан, бастакы кэмҥэ наадалаах табаарынан хааччыйыыга харчынан көмөлөстө.
Улахан ойуур баһаардара Красноярскай кыраайга ыам ыйын 7 күнүттэн саҕаламмыттара. Регион 13 муниципальнай тэриллиитигэр ойуур баһаардарын түмүгэр 618 олорор дьиэ, 309 тутуу уокка былдьаммыта.
«Баһаартан сылтаан тыһыынчаттан тахса киһи олорор дьиэтэ-уота суох, турар бэйэлэринэн эрэ хааллылар. Бастакы кэмҥэ туһаныллар табаардар — утуйар таҥас, суунар мал, эмп-том наада. “РНГ” АУо өйөбүлүнэн эмсэҕэлээбит дьоҥҥо көмө, суһал быһыынан оҥоһуллуоҕа», – диэн Россиятааҕы Кыһыл Кириэс бэрэссэдээтэлэ Павел Савчук иһитиннэрдэ.
«“РНГ” АУо уонна Россиятааҕы Кыһыл Кириэс икки ардыгар түһэрсиллибит бииргэ үлэлэһии сөбүлэҥэр олоҕуран, хампаанньа биэрэр көмө харчыта эмп атыылаһыыга, ыксаллаах быһыыга бастакы уочарат туттуллар сүрүн табаарынан хааччыйыыга уонна гуманитарнай көмөнү Красноярскай кыраайга тиэрдиигэ ананыаҕа», – диэн «РНГ» АУо генеральнай дириэктэрэ Владимир Ракитин иһитиннэрдэ.
Хампаанньа бу курдук Россиятааҕы Кыһыл Кириэс бырайыактарын өйүүр. Улахан суолталаах үлэлэртэн биирдэстэрэ – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ыксаллаах быһыыга түргэнник көмөнү оҥорор анал этэрээти тэрийии уонна бэлэмнээһин буолар. Маны сэргэ, Дьокуускай куоракка ыксаллаах быһыыга туһаныллар, өр харайыллар бородууктаны, бастакы уочарат туттуллар табаардар саппаастарын уурар анал ыскылааты тэрийиэхтэрэ.