Хампаанньа уонна “Россиятааҕы Кыһыл Кириэс” бүтүн дойдутаа5ы общественнэй тэриллии икки ардыгар оҥоһуллубут бииргэ үлэлэһии сөбүлэҥэр олоҕуран, халаан уутуттан эмсэҕэлээбиттэргэ бастакы көмө бөртөлүөтүнэн тиэрдилиннэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Үөһээ Дьааҥы оройуонугар Дулҕалаах үрэх сайыҥҥы уһун ардахтан сылтаан хаатыттан тахсан эмискэ уу үрдээбитэ бэлиэтэммитэ. Уу тахсыытын түмүгэр үрэх үрдүнэн турар нэһилиэктэр, Суордаах уонна Томтор, ууга былдьаннылар. Бу нэһилиэктэргэ уопсайа 600 киһи , ол иһигэр 160 оҕо олороллор. «РНГ» АУо көмөтүнэн Россиятааҕы Кыһыл Кириэс регионнааҕы отделениета эмсэҕэлээбит дьоҥҥо 300 гуманитарнай набору тиэртэ.
«Бастакы уочарат халаан уутуттан эмсэҕэлээбиттэргэ – бородуукта, утуйар таҥас, бастакы бириэмэҕэ туттар мал-сал тиэрдилиннэ. «РНГ» АУо-ны кытта бииргэ үлэлэһии үтүө түмүктэрэ бу көстөллөр. Бэрт түргэнник кыһалҕалаах дьоҥҥо көмө оҥордубут», – диэн Россиятааҕы Кыһыл Кириэс бэрэссэдээтэлэ Павел Савчук бэлиэтээн эттэ.
Маны сэргэ, бу нэдиэлэҕэ Россиятааҕы Кыһыл Кириэс Саха Сиринээҕи отделениетын баазатыгар, ыксаллаах быһыыга бэйэ баҕатынан көмө буолар, анал бөлөхтөрү бэлэмнээһини саҕалаата. Волонтердар иэдээн тахсар түгэнигэр бастакы көмөнү, эмсэҕэлээччилэргэ психосоциальнай өйөбүлү хайдах оҥорорго анал үөрэҕи ааһыахтара. Теория кэннэ практическэй чаастар буолуохтара, ол эрэ кэннэ бастыннар талыллан анал этэрээккэ киириэхтэрэ.