«РНГ-медикам» социальнай программа чэрчитинэн хампаанньа Мииринэй оройуонун киин балыыһатыгар Hamilton-C1 диэн ааттаах, швейцарскай, көһө сылдьан үлэлиир тыҥаны ыраастыыр (ИВЛ) аппарааты туттарда.
Саҥа оборудование күүстээх эмтэниини ааһар, ыарахан эпэрээссийэ кэнниттэн чөлүгэр түһэрэр, бары араҥа ыарыһахтарга, ол иһигэр саҥа төрөөбүт оҕолорго, ананан оҥоһуллубут. Оборудование балыыһа иһинэн мэһэйэ суох көһө сылдьара туһанарга табыгастаах, кээмэйэ улахана суох.
ИВЛ аппарааттара ыарахан туруктаах ыарыһахха тыҥатын үлэтин чөлүгэр түһэрэргэ көмө буолуохтара. Аппарааты бириэмэтигэр, итиэннэ сөпкө туһаннахха дьон олоҕун быыһыырга эппиэтинэстээх үлэни оҥорор. Оборудование балыыһаҕа тиэрдиллэн, бэрэбиэркэни ааста.
«Техника коронавируснай инфекцияҕа хаптарбыт, кислороднай өйөбүлгэ наадыйар ыарахан ыарыһахтарга көмөлөөх. Онон дойду үрдүнэн ыарыһах ахсаана үрдүү турар кэмигэр улахан суолталаах бэлэх буолар. “РНГ” АУо-ҕа дьаҥы утары охсуһууга көмөлөрүн иһин махталбыт муҥура суох», – диэн Мииринэй оройуонун киин балыыһатын (ЦРБ) кылаабынай бырааһа Татьяна Стручкова бэлиэтээн эттэ.
Даҕатан эттэххэ, хампаанньа коронавируснай инфекцияны утары охсуһууга биир кэлимсэ миэрэлэри ылынан үлэлиир. Тэрилтэҕэ хас биирдии үлэһит дьаҥҥа хаптарбатын курдук доруобуйаны бэрэбиэркэлиир, кэтиир үлэ ыытыллар. Медицинскэй пууннар ахсааннара уонна хаачыстыбалара эмиэ болҕомто киинигэр. Ол курдук, эминэн, харыстанар, дезинфекциялыыр сириэстибэлэринэн, антисептиктарынан хааччыллыы үрдүк таһымҥа турар. Маны сэргэ, эбийиэктэргэ ырааһы тутуу график быһыытынан ыытыллар.
«Пандемия саҕаланыаҕыттан, COVID-19 ыарыы тарҕаныаҕыттан хампаанньа региоҥҥа доруобуйа харыстабылын салаатыгар өҥөтө улахан. Бу үлэ тохтообокко салгыы ыытыллыа, медицинэ тэрилтэлэригэр көмө оҥоһулла туруо», – диэн «РНГ» АУо генеральнай дириэктэрэ Владимир Ракитин бэлиэтээтэ.
«РНГ-медикам» программа 2020 сыл, муус устар ыйыттан үлэлиир. Сөбүлэҥ быһыытынан хампаанньа Мииринэйдээҕи киин балыыһаҕа коронавируснай инфекцияҕа хаптарбыт, ыалдьыбыт дьоҥҥо эминэн, харыстанар сириэстибэлэринэн көмөлөр. Олор истэригэр — иммуноглобулин, ривароксабан, фраксипарин, пиперациллин, тазобактам уонна кислороднай концентратордар. «РНГ» АУо ааспыт сыл ахсынньы ыйыгар көһө сылдьан вакцинациялыыр пууну бары наадалаах оборудованиенан хааччыйбыта.