Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэххэ уонна наукаҕа министиэристибэтэ, Саха АССР төрүттэммитэ 100 сыллаах үбүлүөйүгэр анаан ыыппыт, педагогтар күрэхтэрин кыайыылаахтарын испиэһэгин таһаарда. Хас биирдии кыайыылаах 100 тыһыынча харчынан бириэмийэ тутуоҕа. Күрэҕи тэрийии, ол иһигэр бириэмийэ сууммата, тэрээһин ороскуоттара,
«РНГ» АУо уонна «СӨ үүнэр көлүөнэтин тус сыаллаах пуондата» коммерческайа суох тэриллиини кытта, бииргэ үлэлэһии сөбүлэҥэр олоҕуран оҥоһулунна.
Куонкурус сүрүн сыала — педагогическэй үлэһиттэри өйөөһүн, Саха Сиригэр каадыр боппуруостарын быһаарыыга көмөлөһүү уонна бастыҥ исписэлиистэри бэлиэтээһин буолар. Куонкуруска 350 сайаапка киирбитэ, ол иһигэр, үөрэхтээһин эйгэтигэр кылааттарын киллэрэн 5 сыл үлэлээбит ыстаастаах учууталлар, тренердэр, орто уонна анал үөрэх үлэһиттэрэ.
«Маннык куонкурустары тэрийии, социальнай идэлэр таһымнарын үрдэтиигэ улахан туһалаах. Хайаан да бастыҥ үлэлээхтэри көрдөрүөххэ наада. Биллэрин курдук, бастыҥнары холобур оҥостон атыттар эмиэ батыһаллар. «РНГ» АУо — ҕа бырайыагы өйөөбүтүн иһин, уонна бу курдук, идэ бастыҥнарын быһаарар күрэхтэргэ өрүү кыттыыны ыларын иһин, махталбытын тиэрдэбит», – диэн «СӨ үүнэр көлүөнэтин тус сыаллаах пуондата» коммерческайа суох тэриллии генеральнай дириэктэрэ Владимир Егоров бэлиэтээн эттэ.
Кыайыылаахтары быһаарыыга 15 экспертэн турар анал хамыыһыйа тэриллибитэ: профсоюзнай уонна общественнай хамсааһыннар бэрэстэбиитэллэрэ, спорт уонна культура эйгэтин исписэлиистэрэ, уопуттаах методистар. Кинилэр күрэххэ кыттааччы идэни толору баһылыыр хаачыстыбаларын, уруокка аныгы технологияны туһаныытын, оҕолор үөрэҕи түргэнник ылынар программаларын, үөрэнээччилэр араас ыытыллар тэрээһиннэргэ төһө көхтөөхтүк кытталларын сыаналаатылар. Түмүккэ, 100 бастыҥ педагог бириэмийэ тутта.
«РНГ» АУо Өрөспүүбүлүкэ олоҕор, араас социальнай суолталаах бырайыактары олоххо киллэриигэ, өрүү көхтөөхтүк кыттыыны ылар. Биһиги кинилэри Өрөспүүбүлүкэ, киһи хапытаала сайдыытын өрө тутар эрэллээх партнер быһыытынан сыаналыыбыт. Инникитин да, Саха сирин дьонун- сэргэтин олоҕун тупсарар социальнай программаларга бииргэ үлэлэһиэхпит диэн бигэ эрэллээхпит», – бу курдук Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыытылыстабын Бэрэссэдээтэлэ Сергей Местников санаатын үллэһиннэ.
«Биһиги үөрэхтээһин салаатын исписэлиистэрин өйүүрү наадалааҕынан уонна туһалааҕынан ааҕабыт. Бу маннык күрэхтэр үлэһит таһымын үрдэтиигэ, каадыр боппуруостарын быһаарыыга, эдэр ыччакка наадалаах идэ буоларын тиэрдиигэ көмөлөөх буолуохтара диэн эрэнэбин. Хампаанньа, Саха Сиригэр социальнай уонна үөрэхтээһин салаатын көҕүлээһиннэрин өйүүр үлэтин, өссө да салгыы ыытар былааннаах», – диэн «РНГ» АУо генеральнай дириэктэрэ Владимир Ракитин тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Бириэмийэни ылбыт кыайыылаахтар испиэһэктэрэ уонна кыттааччылар историялара «РНГ» АУо официальнай саайтыгар уонна хампаанньа «ВКонтакте» ситимин сирэйигэр бэчээттэннэ.