Күндү кэрэ аҥардар!
Кэлэн иһэр Аан дойду дьахталларын күнүнэн итии-истиҥ эҕэрдэтэ тутуҥ! Сааскы маҥнайгы бырааһынньык эһиэхэ эрэ ананар – кэрэ бэйэлээх күндү дьоммутугар.
Эһиги баар буолан аан дойдуга сырдык сыдьаайар, үөрүү үксүүр, киһи-айма5ы сылаас санаа биһиктиир. Дьиэҕитигэр эһиги мааны алаһа хаһаайкалараҕыт, онтон үлэҕитигэр эппиэтинэстээх, идэтийбит исписэлиистэргит. Эр дьонтон хаалсыбакка, биир тэҥник уустук кыһалҕалаах боппуруостары быһаарсаҕыт, туруоруммут сыалгытын ситиһэҕит, коллегаларгытыгар күүс-көмө буолаҕыт!
Эһиэхэ кытаанах доруобуйаны, күүстээх тапталы, олоххут бары салаатыгар ситиһиини, үөрүүнү-көтүүнү баҕарабыт! Дьиэ кэргэҥҥитигэр өрүү ил-эйэ баар буоллун, чугас дьоҥҥут этэҥҥэ сырыттыннар!
Бырааһынньыгынан!