«РНГ» АУо – бырайыак федеральнай партнера. Кыайыылаахтар ааттара түмүгү таһаарар конференция кэмигэр билиннэ.
«Экология – дело каждого» бириэмийэ иккис сезонугар сайаапкалары хомуйуу кулун тутар 1 күнүттэн саҕаланан алтынньы 1 күнүгэр түмүктэммитэ. Бу кэм иһигэр бырайыакка олус элбэх сайаапка киирбитэ, ол курдук, уопсайа 45 тыһыынчаттан тахса киһи кыттыан баҕалааҕын биллэрбитэ. Россия бары регионнарыттан уонна 33 тас дойдуттан 9 номинацияҕа үлэлэр кэллилэр. Видеороликтар, уруһуйдар, хаартыскалар көмөлөрүнэн кинилэр айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаны көрдөрдүлэр, бэйэлэрин көрүүлэригэр олоҕуран экологическэй көҕүлээһиннэргэ, программаларга этиилэри киллэрдилэр.
Быйылгы күрэххэ 11 саҥа дойдуттан кыттааччылар бааллар - Венесуэла, Греция, Индонезия, Германия, Австрия, Ливан, Монголия, Катар, Камерун, Алжир уонна Боливия.
Оҕолор айар үлэлэрин дьүүллүүр сүбэ сыаналаата. Кини састаабыгар федеральнай биэдэмистибэлэр бэрэстэбиитэллэрэ, биллиилээх суруналыыстар, спортсменнар уонна путешественниктар киирдилэр. Кинилэр 3 сааһынан бөлөххө арахсыбыт, анал бигэргэммит номинацияларынан кыайыылаахтары быһаардылар.
«РНГ» АУо социальнай бырайыактарга өрүү өйөбүл оҥорор. «Экология – дело каждого» бириэмийэ – экологияҕа оҕону, ыччаты сыһыарарга олус наадалаах саҥа платформа буолар. Интэриэһинэй уонна наадалаах бырайыак. Билиилээх-көрүүлээх саҥа көлүөнэ иитиллэн тахсар. Бу олус наадалаах», – диэн «РНГ» АУо генеральнай партнера Владимир Ракитин бэлиэтээн эттэ.
Бириэмийэ кыайыылаахтара сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланнылар, «Орленок» бүтүн дойдутааҕы оҕо киинигэр путевкалары уонна харчынан сертификаттары туттулар.