Хампаанньа уу биоресурсаларын хаҥатыыга, Өрөспүүбүлүкэ күөллэригэр, өрүстэригэр балык ыаматын ыытан үөскэтии программатыгар салгыы кыттыыны ылаллар. Бу күннэргэ исписэлиистэр Бүлүүтээҕи водохранилище боротуокатыгар, Аанньаах үрэххэ, 211 тыһыынчаттан тахса быраҥаатта балык ыаматын ыыттылар.
«РНГ» АУо сакааһынан балыак ыамалара Чернышевскайдааҕы балык собуотугар иитиллэн, төрөөн-үөскээн таҕыстылар. Бу Саха Сиригэр балыгы иитиинэн дьарыктанар соҕотох тэрилтэ буолар. Балык үөскүүр уутун Бүлүүтээҕи водохранилищеттан ылаллар. Балык искэхтэн ыамаҕа тиийэ улаатыар диэри хас да ый көрүүгэ-истиигэ сылдьар.
Балык ыамата улаата түспүтүн кэннэ анал кислород хачайдаммыт полиэтилен матырыйааллаах капсулаҕа угаллар уонна үрэхтэргэ, өрүстэргэ ыытарга бэлэмнээн, ууга баайан кэбиһэллэр. Балыктаах салапаан иһит, өрүс уутун температуратын кытта биир температураҕа тэҥнэстэҕинэ ыамалары ууга ыытыллар. Экспертэр бэлиэтииллэринэн, чуолаан иитиллибит быраҥаатта балык аһаҕас ууга олохсуйуутун көрдөрүүтэ, атын балыктардааҕар үрдүк. Быраабыла быһыытынан 3 сыл устата балык ыамата ыытыллыбыт сиригэр бултуур көҥүллэммэт. 3 сыл кэннэ, дьэ, көмүс хатырыктаах төрөөн-ууһаан саҕалыыр. Маннык үлэ Саха Сиригэр тэриллибитэ хаһыс да сыла.
«Тулалыыр эйгэҕэ эппиэтинэстээх сыһыан, айылҕа баайын сөптөөхтүк туһаныы — бу “РНГ” АУо-ҕа улахан болҕомто киинигэр турар сорук. Айылҕа харыстабылын тэрээһиннэригэр сыл ахсын хампаанньа кырата суох үбүлээһини көрөр. Онтон республика күөллэрин хат тилиннэрии, балыгын элбэтии – хампаанньа ыытар экологическэй политикатын сүрүн чааһа буолар», – диэн «РНГ» АУо генеральнай дириэктэрэ Владимир Ракитин бэлиэтээн эттэ.
2018 сыллаахтан «РНГ» АУо экологтара Саха Сирин күөллэригэр, өрүстэригэр 1 мөлүйүөн 556 тыһыынча быраҥаатта ыаматын ыыттылар.