Перейти к основному содержанию

Россиятааҕы Кыһыл Кириэс 155 сылынан эҕэрдэ

15 мая 2022

Убаастабыллаах Павел Олегович,

күндү Россиятааҕы Кыһыл Кириэс үлэһиттэрэ!

«РНГ» АУо коллективын аатыттан Россиятааҕы Кыһыл Кириэс төрүттэммитэ 155 сылын бэлиэтиир дьоро күҥҥүтүнэн итии-истиҥ, төлөннөөх эҕэрдэбитин тиэрдэбит.

Эһиги ыксаллаах түгэҥҥэ, иэдээн таҕыстаҕына биир бастакынан көмөҕө кэлэҕит, хас биирдии эмсэҕэлээбит киһиэхэ өйөбүл буоларга бэлэмҥит!

«РНГ» АУо Россиятааҕы Кыһыл Кириэс эрэллээх партнера буолбутунан киэн туттабыт, эһигин кытары бииргэ олоххо киллэрэр бырайыактарбыт амарах сүрэх саамай үрдүк көрдөрүүтэ буолаллар.

Барыгытар кытаанах доруобуйаны, туруоруммут сыалгыт өрүү ситиһиилээх буоллун!

«РНГ» АУо генеральнай дириэктэрэ Владимир Ракитин