Убаастабыллаах коллегаларбыт, партнердарбыт, бар дьоммут!
Кыайыы күнүнэн итии-истиҥ эҕэрдэтэ тутуҥ!
Биһиэхэ барыбытыгар саамай истиҥ уонна улахан суолталаах бырааһынньык. Бу биһиги киэн туттуубут, үйэлэргэ сүппэт өйдөбүнньүкпүт, дойдубут, хас биирдии дьиэ кэргэн историятын быһыытынан билинэбит.
Сэбиэскэй норуот хорсун быһыытыгар, фроҥҥа уонна тыылга сэрии алдьархайын утары охсуспут, уоттаах кыргыһыыны этинэн-хаанынан билбит, сырдык олохторун толук уурбут дьоммутугар сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэбит, ытыктабылбытын биллэрэбит. Өрүүтүн эр саналаах биир сомоҕо буолуохха!
Барыгытыгар эйэни, күүстээх доруобуйаны уонна ситиһиини баҕарабыт!
«РНГ» АУо генеральнай дириэктэрэ Владимир Ракитин