Перейти к основному содержанию

Саас уонна үлэ бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибит!

01 мая 2022

Убаастабыллаах коллегаларбыт, партнердарбыт, бар дьоммут!

Күөх Маай бырааһынньыгынан – Үлэ уонна Эйэ күнүнэн итии-истиҥ эҕэрдэтэ тутуҥ!

Хампаанньа сайдыыта бастыҥ үлэлээх хамаандаттан быһаччы тутулуктаах.  «РНГ» АУо – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр үлэнэн хааччыйар биир улахан тэрилтэ. Түмсүүлээх коллективтаах буоламмыт саҥа баараҕай бырайыактар олоххо киирэллэр, уустук соруктар быһаарыллаллар. Хампаанньа  үрдүк таһымнаах исписэлиистэрэ өрүүтүн кылаабынай көмөлөһөөччүлэрбит.

Күөх маай бырааһынньыга айымньылаах үлэ, бэйэ бэйэни өйдөһүү, биир сомоҕо буолуу улахан суолталаахтарын өссө биирдэ өйдөтөр.

Бар дьоммутугар эйэни, доруобуйаны, ситиһиини баҕарабыт!

«РНГ» АУо генеральнай дириэктэрэ Владимир Ракитин