Убаастабыллаах Саха Өрөспүүбүлүкэтин олохтоохторо, убаастабыллаах Айсен Сергеевич!
«РНГ» АУо коллективын аатыттан Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылынан итии-истиҥ эҕэрдэтэ тутуҥ.
Саха сирэ — баай остуоруйалаах, бэйэтэ туспа үгэстэрдээх сөҕүмэр регион. Ааспыт сыллар усталарыгар Өрөспүүбүлүкэ сайдыы туһугар улахан суолу тэлийдэ. Итиэннэ бүгүҥҥү күҥҥэ Российскай Федерация биир киэн туттар, кыахтаах, хатыламмат туспа суоллаах регион быһыытынан үрдүктүк сыаналанар.
«РНГ» АУо регион салайааччыларын кытта, Саха сирин дьонун-сэргэтин олоҕун тупсарыыга туһуламмыт, сайдыыны түстүүр баараҕай бырайыактарга, бииргэ үлэлэһэр. Хампаанньа үөрэхтээһин, культура уонна социальнай эйгэ бырайыактарын мэлдьи өйүүр. Биһиги бииргэ үлэлэһиибит Өрөспүүбүлүкэ социальнай уонна экономическэй сайдыытыгар хайаан да төһүү күүс буолуо диэн эрэллээхпит.
Саха Сирин бары олохтоохторугар бигэ туругу уонна сайдыыны баҕарабыт!
«РНГ» АУо генеральнай дириэктэрэ Владимир Ракитин