Убаастабыллаах коллегаларбыт, партнёрдарбыт, доҕотторбут! Идэлээх бырааһынньыккытынан итии-истиҥ эҕэрдэбитин тиэрдэбит!
Геология урут да, билигин да экономиканы хамсатарга, топливнай-энергетическэй комплекс кэскиллээх сайдыытын түстүүргэ, наука биир сүдү суолталаах салаата буолар. Бу идэ хайа да кэмҥэ саамай сыаналанар уонна убаастанар, геологтар көмөлөрүнэн каартаҕа тыһыынчанан сиртэн хостонор баайдаах сирдэр үөскүүллэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ сиртэн хостонор баайдаах сирдэри үөрэтиигэ чинчийии технологията биллэ уларыйда, исписэлиистэр иннилэригэр турар сорук уустугурда.
Эһиги дьаныардаах үлэҕит иһин махталбытын биллэрэбит.
Бары саҕалааһыннаргытыгар ситиһиини! Таһаарылаах үлэни, доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну баҕарабыт!