Ахсынньы 23 күнүгэр Дьокуускай куоракка «МедиаТЭК» топливнай-энергетическэй хампаанньалар пресс-сулууспаларын икки ардыларыгар ыытыллар бүтүн дойдутааҕы күрэх федеральнай уонна региональнай түһүмэхтэрин түмүктэрин таһаардылар. Москваттан быһа холбонон күрэх кыттааччыларын, кыайыылаахтарын, суруналыыстары РФ президенин пресс-сэкэрэтээрэ Дмитрий Песков уонна Россия вице-премьерэ Александр Новак эҕэрдэлээтилэр .
Наҕараадалары туттарыы үөрүүлээх быһыыта дойду топливнай-энергетическэй комплексын 2020 сыллааҕы түмүктэрин таһаарар тэрээһиҥҥэ “Сахамедиа” республикатааҕы киинигэр ыытылынна.
Дмитрий Песков уонна Александр Новак бүттүүн дойдуга топливнай-энергетическэй комплекс сайдыытыгар суруналыыстар кылааттарын уонна өҥөлөрүн бэлиэтээтилэр.
СӨ ОДьКХ уонна энергетикаҕа миниистирин бастакы солбуйааччы күрэх кыайыылаахтарын эҕэрдэлээтэ уонна бу эйэгэҕэ үлэлиир суруналыыстар үрдүк таһымнаах үлэлэрин бэлиэтээн туран махталын тиэртэ. Кинилэр үлэлэриттэн быһаччы, ниэп, газ, энергетика салааларын сайдыыта улахан тутулуктаах диэтэ.
«МедиаТЭК» бүтүн дойдутааҕы бириэмийэ «Лучшая пресс-служба региональных компаний ТЭК» номинациятын кыайыылааҕынан «Якутскэнерго» ПАО пресс-сулууспата ааттанна. Итиэннэ бу пресс-сулууспа өр кэмҥэ таһаарыылаах үлэтин, регионнааҕы телевидение нөҥүө нэһилиэнньэҕэ энергетиктар үлэрин бастыҥ сырдатыы иһин анал бирииһи тутта.
Энергохолдинг, маны сэргэ, «МедиаТЭК» бүтүн дойдутааҕы бириэмийэ региональнай түһүмэҕин «Лучшая пресс-служба ТЭК», «Популяризация профессий ТЭК» уонна «Безопасная энергия» номинациялар кыайыылаахтарынан ааттанна.
«МедиаТЭК» бүтүн дойдутааҕы бириэмийэ региональнай түһүмэҕэр «Лучшая пресс-служба ТЭК» номинациятыгар 2 миэстэни «ЯТЭК» АУо ылла.
«Лучшая районная газета по освещению событий в ТЭК» номинацияҕа кыайыылааҕынан «Юность Севера» оҕо хаһыата «Энциклопедия юного энергетика» бырайыагынан ааттанна. Эмиэ бу наҕараадаҕа Усуйаана улууһун энергетиктарын үлэлэрин сырдатан «Заря Яны» хаһыат ылла.
«РНГ» АУо «АО «РНГ» медикам» диэн социальнай бырайыагынан «Социальная и экологическая инициатива» номинацияҕа кыайыылаах аатын сүктэ. «РНГ» АУо пресс-сулууспатын салайааччыта Наталья Кифорук бэлиэтээн эппитинэн, хампаанньа Саха Өрөспүүбүлүкэтин социальнай-экономическэй сайдыытыгар улахан болҕомтотун ууран үлэлиир. Мииринэйдээҕи киин балыыһаны кытары үлэ салҕанар, сотору кэминэн өссө араас көмөлөр оҥоһуллуохтара диэтэ.
«МедиаТЭК» бүтүн дойдутааҕы бириэмийэ региональнай түһүмэҕин «Социальная и экологическая инициатива» номинациятыгар 2 миэстэни уу биологическэй ресурсаларын сайыннарар бырайыактарынан «Тасс-Юрях Нефтегазодобыча» ХЭТ ылла.
Бастыҥ корпоративнай СМИ аатын «Якутуголь» АУо «Вестник Якутугля» уонна «Тасс-Юрях Нефтегазодобыча» ХЭТ «Нефтяник Алмазного края» хаһыаттара ыллылар.