«РНГ» АУо – Саха Өрөспүүбүлүкэтин биир бөдөҥ инвестора уонна үлэнэн хааччыйааччы тэрилтэтэ. Хампаанньа РФ энергетикаҕа министиэристибэтэ оҥорор, бастыҥ үлэлээхтэри түмэр, топливнай-энергетическэй комплекс испииһэгэр киирэр.
2014 сыллаахтан «РНГ» АУо Саха Өрөспүүбүлүкэтин сайдыытыгар туһаайар бырайыактарын үбүлээһин биир миллиард доллары куоһарда. Хампаанньа регион социальнай-экономическэй сайдыытыгар көхтөөх кыттыыны ылар. Экология, культура, үөрэхтээһин, олохтоох түмсүүлэр, тэрилтэлэр сайдыыларыгар туһуламмыт бырайыактары олоххо киллэрэр.
Хампаанньа тутаах актива – Орто Ботуобуйатааҕы ниэп, гаас, гаас конденсата хостонор Илиҥҥи хайысхата (ВБ СБ НГКМ). Сиртэн хостонор баайдаах сир үлэҕэ киириэҕиттэн ниэп хостооһунун көрдөрүүтэ 3 мөлүйүөн туоннаҕа тиийдэ.
Сиһилии «Якутия.Инфо» порталга ааҕыҥ
![](/ya/sites/ya/files/inline-images/portal-yakutia-info-about-the-investments-of-jsc-rng-in-the-economy-of-the-region-02.jpg)