Ааһан эрэр сылга хампаанньа нолуокка уонна булгуччулаах төлөбүрдэргэ, маны сэргэ, судаарыстыбаннай хампаанньалар туһаларыгар диэн 14,5 миллиард сууммалаах төлөбүрдэри оҥордо. Бу сыыппара ааһан эрэр 2020 сылы кытары тэҥнээтэххэ икки төгүл элбэх.
Хампаанньа регниоҥҥа оҥорон таһаарыы эрэ көрдөрүүтүн үрдэтиигэ буолбакка, Саха Өрөспүүбүлүкэтин социальнай-экономическэй сайдыытыгар улахан кылаатын киллэрэр. Үөрэхтээһин, культура уонна экология бырайыактарыгар араас көҕүлээһиннэрин өйүүр, нэһилиэнньэ олоҕун таһыма тупсуутугар кыһаллан туран үлэлиир.
«РНГ» АУо ниэп, гаас хостооһунугар баараҕай бырайыактары ситиһиилээхтик олоххо киллэрэр. Бу туьугар кини тулалыыр эйгэҕэ харыстабыллаахтык сыһыаннаһан бастыҥ обрудованиелары туттар , аныгы технологиялары күүскэ туһанар.
Сиһилии — newsroom.su сонуннары киэҥник тарҕатар саайтыгар ааҕыҥ