05 марта 2022
«РНГ» АУо – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ыытыллар үөрэх салаатын үлэһиттэригэр анаммыт куонкурус генеральнай партнера буолла. Саха АССР төрүттэммитэ 100 сыллаах үбүлүөйүн көрсө ыытыллар тэрээһиҥҥэ хампаанньа харчынан көмөлөһөр.
100 бастыҥтан бастыҥ педагог сүүстүү тыһыынча бириэмийэ тутуохтара. Бириэмийэни Өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин сайдыытыгар суолталаах кылааттарын укпут педагогтар ылыахтара. Тустаах хамыыһыйа үөрэнээччилэр таһымнарын, үөрэх программатын ылыныыларын, уруокка аныгы технологиялары, дистанционнай форматы төһө сөпкө туһаналларын сыаналыахтара.
Куонкурус түмүгэ бу сыл муус устар ыйыгар тахсыаҕа.
Сиһилии «МК в Якутии» ааҕыҥ