Перейти к основному содержанию

Саха сирин үөрэнээччилэрэ «РНГ» АУо өйөбүлүнэн ыытыллар бүтүн дойдутааҕы экологическэй форум финалыгар кыттыыны ылыахтара

08 октября 2024

Хампаанньа В. П. Ларионов аатынан физико-математическэй лицей үөрэнээччилэригэр астарыгар уонна олорор сирдэрин хааччыйарга диэн харчынан көмөлөстө.

Бүтүн дойдутааҕы II оҕо экологическэй форума Челябинскай куоракка алтынньы 15-16 күннэригэр ыытыллыаҕа. Кыайыы иһин киирсиигэ дойдубут 51 регионнарыттан хамаандалар кыттыахтара.

Физико-математическэй лицей 7 кылааһын үөрэнээччилэрэ форумҥа  «Развитие экотуризма на территории г. Якутска» диэн ааттаах бырайыагынан кыттыыны ылыахтара. Бырайыак саҥа уонна бүгүҥҥү күҥҥэ баар экологическэй маршруттары киэҥ эйгэҕэ таһаарарга туhуланыа5а.

Теги