Оскуола уонна хампаанньа 4 сыллаах бииргэ үлэлэһиилэрин түмүгэр 182 үөрэнээччи харчынан өйөбүлү туһаннылар.
2024 сыл түмүгүн таһаарыыга РЭШ бэрэстэбиитэллэрэ «РНГ» АУо курдук улахан хампаанньа партнердаах буолан экономика хайысхатыгар үрдүк таһымнаах, бастыҥ исписэлиистэри бэлэмнииргэ улахан кыах бэриллэр диэн бэлиэтииллэр. Ааһан эрэр сылга 97,3 % үөрэҕи бүтэрээччилэр бэйэлэрин идэлэринэн үлэ булан үлэлии сылдьаллар. РЭШ дипломнаах исписэлиистэргэ, үгэс быһыытынан, экономика сүрүн хайысхаларынан, үп-харчы, информационнай технология уонна судаарыстыбаннай сулууспа буолаллар.
«РНГ» АУо көмөтө үөрэҕи толору эбэтэр аҥарын төлөөһүн, маны сэргэ, атын куорат оҕолорун уопсай дьиэнэн хааччыйыыга көмөлөһүү буолар. Хампаанньа устудьуоннарга көмөнү оҥоруутугар биир сүрүн усулуобуйата - үөрэххэ үрдүк ситиһии. Бу ирдэбил хаһан да уларыйбат, инники күөҥҥэ сылдьар.