Сайыҥҥы навигация кэмигэр Өлүөнэ өрүскэ уонунан рейстэр оҥоһулуннулар.
Үгэс быһыытынан суудуналар маршруттара Иркутскай уобалас Усть-Кут куоратыттан Осетрово портан саҕаланар уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ленскэй куоратыгар түмүктэнэр. Өрүһүнэн айан суолун уһуна, бара – около, 2000 килэмиэтир. Навигация кэмигэр хас биирдии суудуна «РНГ» АУо-ҕа наадалаах техническэй таһаҕас тиэйэн 9-туу рейсэни оҥордулар.
Сэтинньи ыйтан суудуналары кыһыҥҥы тохтобулга туруоран өрөмүөн үлэлэригэр бэлэмнээн саҕалыахтара. «Виктория» теплоход уонна икки баржа Ленскэйгэ анал турар сиргэ кыстыахтара. Атыттар бары Осетрово пордугар тохтобулларын буллулар. Манна хас да теплоходу былааннаммыт өрөмүөҥҥэ бэлэмнииллэр.