Перейти к основному содержанию

«РНГ» АУо үлэһиттэрэ «Вера» аһымал пуондаҕа бэлэхтэри туттардылар

26 декабря 2023

Хампаанньа  пуонда саҥа дьыллааҕы аахсыйатыгар кыттыыны ылла.

Хоспистарга көмө буолар «Вера» аһымал пуондата 2006 сыллаахтан тэриллэн үлэлиир. Кини Москва куоракка эрэ кииннээн үлэлиир хоспистарга буолбакка, Россия атын регионнарыгар баар, сатаан эмтэммэт ыарыылаах аҕам саастаах дьоҥҥо уонна ыарахан туруктаах оҕолорго медицинскэй, психологическэй, социальнай көмөлөрү оҥорор.

Пуонда тиһигин быспакка, көмө-тирэх буолар, үтүө санаа тэрээһиннэрин ыытар, манна хас биирдии көмө оҥоруон баҕалаах киһи кыттыыны ылыан сөп. Саҥа дьыллааҕы аахсыйа чэрчитинэн тэрийээччилэр уопсайа 4 тыһыынча кэриҥэ бэлэхтэри оҥорон ыарыһахтарга туттарар былааннаахтар.

«РНГ» АУо исписэлиистэрэ аҕыйах күн иһигэр мандариннаах, араас кэмпиэттэрдээх, оонньуурдардаах 14 дьааһыгы бэлэмэннээн пуондаҕа туттардылар. Маны сэргэ, хампаанньа үлэһиттэрэ үтүө санаа тэрилтэтин анал счетугар баҕа өттүнэн араас сууммалаах көмөнү оҥордулар.

«Хомойуох иһин сорох ыарыһахтарбытыгар бу бэлэх бүтэһик буолуон сөп, ол иһин хас биирдии түгэн, олоҕун хаалбыт күннэрэ, өйдөнөн хаалалларын курдук кыһаллан үлэлии сатыыбыт. “РНГ” АУо үлэһиттэригэр үтүө санааҕыт иһин уонна бүгүн истиҥ сыһыаҥҥа наадыйар дьоммутугар сэмэй бэлэхтэргит иһин махталбытын биллэрэбит», – диэн аахсыйаны тэрийээччи Елизавета Рухадзе бэлиэтээн эттэ.

Теги