Хампаанньа Мииринэй оройуонун үөрэ5ин кыһаларыгар өрүү өйөбүл буолар.
2022 сыллаахха «Ботуобуйа нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии социальнай-экономическэй сайдыытын программатыгар олоҕуран «РНГ» АУо Таас-Үрэх оскуолатын өрөмүөннүүргэ диэн 1 мөлүйүөн харчы көрбүтэ. Бу харчынан кырыыһа, сантехническэй, муостаны сылытыы үлэлэрэ уонна туалетнай хостор оҥоһуллубуттара. Маны сэргэ, «Точка роста» бырайыак хосторугар уонна бастакы этээс көрүдүөрүгэр эмиэ саҥардыы үлэлэрэ ыытыллыбыттара. Манна сантехническэй оборудованиены саҥардан, электромонтажнай үлэлэри тэрийэн ыыппыттара.
«РНГ» АУо-ҕа, Мииринэй оройуонун социальнай-экономическэй сайдыытын туһугар кыһаллан үлэлииргит иһин, махталбытын биллэрэбит. Эһиги өйөбүлгүтүнэн Таас-Үрэх нэһилиэгин оҕолоро сылаас дьиэҕэ, үчүгэй усулуобуйаҕа үөрэх ылаллар. Нэһилиэк бары олохтоохторун ааттарыттан үтүө санаа тылларын тиэрдэбит», – диэн Мииринэй оройуонун баһылыга Александр Басыров бэлиэтээн эттэ.
«Үөрэхтээһин өйөбүлэ – «РНГ» АУо социальнай политикатын биир кылаабынай, өрө тутар соруга. Хампаанньа бу курдук мэлдьи Таас-Үрэх оскуолатыгар уонна уһуйааныгар көмө буолар, материальнай-техническэй база тупсуутугар үлэлэһэр, Мииринэйдээҕи техническэй колледж бырайыактарын өйүүр», – диэн «РНГ» АУо генеральнай дириэктэрэ Владимир Ракитин санаатын үллэһиннэ.
Р.В.Лонкунов аатынан 9 нүөмэрдээх орто уопсай үөрэхтээһин оскуолата Мииринэй оройуонугар саамай кырдьаҕас уонна нэһилиэккэ соҕотох оскуола буолар. 2022 сыллаахха төрүттэммитэ 90 сылын бэлиэтээбиттэрэ.