24 марта 2026
Хампаанньа Саха Өрөспүүбүлүкэтин Светлай бөһүөлэгэр баар водозаборга киирии суол хаарын анал тиэхиникэнэн ыраастаата.
Уу ылар сиргэ сатаан аналлаах массыына тиийбэт буолан уустуктар үөскээбиттэрэ. Нэһилиэк баһылыга көмөҕө наадыйан «РНГ» АУо салалтатыгар гусеничнай техниканан көмөлөһүн диэн сибээскэ тахсыбыта. Тута бу боппуруос салалта өттүттэн өйөбүл ылан, суол ыраастанан, кыһалҕа быһаарылынна.
Бииргэ үлэлэһии докумуонугар олоҕуран хампаанньа Саха сирин Мииринэй оройуонугар араас хайысхаларынан мэлдьи өйөбүл уонна көмө буолар.