Орто Ботуобуйатаа5ы ниэп уонна гаас сир баайа хостонор илиҥҥи блогун тирэх пуунугар остолобуой уонна саҥа уопсай дьиэ тутулунна.
1500 квадратнай миэтирэ иэннээх уопсай дьиэ 2-лии миэстэлээх 50 хостоох, тутуу икки этээстээх. Хас биирдии хос тупсаҕай усулуобуйалаах, кондиционердаах. Хампаанньа үлэлиир таҥас, утуйар таҥас ыраастарын хааччыйар анал үлэһиттэри тутуоҕа.
Олорор дьиэни бырайыактааһын түһүмэҕэр улахан болҕомто техниканан хааччыллыыга уонна кини тохтобула суох, алдьаммакка үлэлииригэр ууруллубут. Онон билигин саҥа уопсай дьиэ уонна остолобуой территориятыгар Wi-Fi интернет ситимэ олус үчүгэйдик үлэлиир.
Вахта үлэһиттэрэ күҥҥэ 3-тэ босхо аһынан хааччыллаллар. Саҥа остолобуой үлэһиттэрэ минньигэс, иҥэмтэлээх дьиэтээҕи курдук аһынан күндүлүүллэр. Күн ахсын бэйэ бэкээринэтиттэн килиэп, ыраас уу туһаныллар. Аска хампаанньа үрдүк хаачыстыбалаах бородууксуйаны бастыҥ оҥорон таһаарааччылартан эрэ туттар. Сотору-сотору араас омуктар астарын күнэ тэриллэр. Остолобуойга анал үлэ миэстэтэ көрүллэн үрдүк таһымнаах үлэ ыытыллар.
«РНГ» АУо бу курдук хас биирдии үлэһитигэр болҕомто ууран, тупсаҕай усулуобуйаны тэрийэн үлэ уонна сынньалаҥ биир ситимҥэ туралларыгар улахан болҕомтотун уурар.