Перейти к основному содержанию

«РНГ» АУо Саха сиригэр Таас -Үрэх нэһилиэгэр көмөлөстө

17 марта 2026

Хампаанньа Саха Өрөспүүбүлүкэтин Таас -Үрэх нэһилиэгэр тутуллуохтаах балыыһа уонна полиция дьиэлэрин сирдэригэр кутуллар кытаанах матырыйаалынан уонна анал техниканан көмөлөстө.

«РНГ» АУо инженернай сулууспалара былассаакканы бэлэмнээн 300 кубометр долерит (быһа барыллаан 15 массыына) аҕалан куттардылар, уонна ол үрдүнэн отсыпка оҥордулар.

Мииринэй оройуонугар Таас-Үрэх нэһилиэгэр саҥа социальнай инфраструктура эбийиэктэрэ сотору кэминэн тутуллан үлэҕэ киириэхтэрэ - кулун тутар ыйтан тутуу үлэтэ саҕаланар.

«РНГ» АУо өр сыллар устата Ботуобуйа биир соҕотох нэһилиэнньэлээх пуунугар, Таас-Үрэх нэһилиэгин олохтоохторугар өйөбүл буолар, нэһилиэк социальнай уонна экономическэй туруга бөҕөргүүрүгэр кылаатын киллэрэр. Олохтоох дьаһалта хампаанньаҕа көмөлөрүн, социльнай суолталаах тутуулары өйүүллэрин иһин махталын биллэрэр.

Теги