Перейти к основному содержанию

«РНГ» АУо Россиятаа5ы Кыһыл Кириэс тэрилтэни кытта Курскай уобалас олохтоохторугар көмө буолар

05 сентября 2024

Икки өттүттэн уопсай сүбэнэн Курскай уобалас көһөрүллүбүт олохтоохторугар көмө оҥоһуллар. Хампаанньа тыырбыт үбүлээһинэ ас-таҥас атыылаһыытыгар ыытыллар. Ол иһигэр утуйар таҥас, гигиеническэй набордар уонна бытовой техника.

Россиятааҕы Кыһыл Кириэс биир сүрүн хайысхатынан биирдиилэн дьону кытта, эмп-том уонна оҕо аһылыгын, сакааһынан үлэ буолар. Улахан болҕомто эмсэҕэлээбит дьоҥҥо психологическэй көмө оҥоһуутугар ууруллар. Бу суолталаах хайысха.

«Ыксаллаах быһыы кэмигэр дьоҥҥо болҕомто уурар, көмө буолар улахан наадалаах. Хас биирдии киһини өйүөххэ наада. Биһиги партнердарбыт көмөлөрүнэн, ол иһигэр «РНГ» АУо хампаанньа көмөтүнэн, араас көрүҥнээх киэҥ хабааннаах өйөбүл оҥоһуллар. Үтүө санаалаах үлэҕитигэр махтанабыт», – диэн Россиятааҕы Кыһыл Кириэс салайааччыта Павел Савчук бэлиэтээн эттэ.

Теги