Хампаанньа көмөтүнэн талааннаах устудьуоннар дойду биир бастыҥ экономическэй үөрэҕин кыһатыгар - Россиятааҕы экономическэй оскуолаҕа үөрэнэргэ анаан аҥардаммыт эбэтэр толору граннары ылан туһаныахтарны сөп.
Үтүө дьыала программата 2020 сыллаахха саҕаламмыта, бу грант көмөтүнэн устудьуон үөрэҕин толору эбэтэр аҥарын төлүүр кыахтанар, чэпчэтиини сууммаҕа таһаардахха 5-тэн 100-ҥа бырыһыаҥҥа диэри тиийэр. Бу көмөнү ыларга биир сүрүн ирдэбил баар - үөрэххэ үрдүк ситиһии.
2023-2024 үөрэх сылыгар толору эбэтэр аҥардаммыт граны магистерскай тосхолунан үөрэнэр 31 устудьуон туһаммыта. Маны сэргэ, хампаанньа оскуола сүрүн үлэтин өйөбүлүгэр эмиэ көмө буолар.
Бу иннигэр "РНГ" АУо Россиятааҕы экономическэй оскуола саҥа үөрэнэр дьиэтин атыылаһарыгар көмөлөспүтэ. Бу көмө үөрэх кыһатын үлэтэ-хамнаһа, үөрэх хаачыстыбата тупсарыгар, атын регионнартан сылдьар устудьуоннар олорор уопсай дьиэнэн хааччыллыыларыгар улахан көмөлөөх буолбута. Хампаанньа уонна РЭШ бииргэ үлэлэһиитин түмүгэр уопсайа 150-тан тахса устудьуон олорор дьиэнэн хааччылынна.