04 августа 2023
Саҥа оҕо оонньуур сирэ хампаанньа офиһын утары Тихонов аатынан уулуссаҕа дьэндэйиэҕэ.
Бу иннинэ, бу миэстэҕэ, былассаакка баара, ол гынан баран эргэрэн, оҕо оонньууругар кутталы үөскэтэр буолан көтүрүллүбүтэ. Бастаан утаа тутааччылар былассаакка турар сиригэр таас кутан тэҥнээн биэриэхтэрэ, асфальт оҥоруохтара.
1 870 кв.м. иэннээх сиргэ саҥа, аныгы ирдэбилгэ толору эппиэттиир, куттала суох комплекстар туруохтара, сыырдар, хачыаллар, спордунан дьарыктанар тэриллэр, кумахтаах сир баар буолуохтара. Маны таһынан, былассаакка турар сиригэр эрэһиинэ бүрүөһүн тэлгиэхтэрэ.
Былассаакканы үөрүүлээхтик аһыы балаҕан ыйын саҥатыгар ыытыллара былааннанар.