Перейти к основному содержанию

«РНГ» АУо Мииринэйгэ үбүлүөйдээх тэрээһиннэри ыытарга өйөбүл буолла

22 июля 2025

Саха сирин Мииринэй куората төрүттэммитэ 70 сылын бэлиэтээтэ. «РНГ» АУо үбүлүөйдээх тэрээһиннэри ыытарга харчынан үбүлээһини оҥордо.

Мииринэй олохтоохторугар үбүлүөй чэрчитинэн бары хайысханан сынньалаҥы хабан улахан культурнай тэрээһиннэр ыытылыннылар. От ыйын 15 күнүттэн саҕалаан 20 чыыһылаҕа диэри куорат араас болуоссаттарынан кэнсиэрдэр, маастар кылаастар, айар фестиваллар, спортивнай күрэхтэһиилэр ыытылыннылар.

«РНГ» АУо бэрэстэбиитэллэрэ Мииринэй куорат төрүттэммитэ 70 сылын бэлиэтиир үөрүүлээх мунньахха кыттыыны ыллылар. Тэрээһин культура дыбарыаһыгар буолан ааста. Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев Мииринэй олохтоохторун үбүлүөйүнэн эҕэрдэлээтэ уонна Мииринэй сиригэр-уотугар үлэлиир тэрилтэлэр улуус уонна куорат сайдыытыгар сүҥкэн суолталаахтар диэн бэлиэтээн эттэ.

«РНГ» АУо Мииринэй оройуонугар уонна Мииринэй куоракка социальнай, культурнай, үөрэхтээһин тэрээһиннэригэр тиһигин быспакка мэлдьи көмө буолар, харчынан өйөбүл оҥорор. Үтүө дьыалаҕа ыытыллар өйөбүл сууммата сыл ахсын улаата турар.

Теги