Хампаанньа үөрэх кыһатыгар станок-качалка макетын бэлэхтээтэ.
2 миэтирэттэн тахса уһуннаах конструкция Светлай бөһүөлэгэр баар Мииринэйдээҕи региональнай техническэй колледж иннигэр бочуоттаах миэстэтин булла. Манна ньиэп уонна гаас хайысхатын исписэлиистэрин бэлэмнээн таһаараллар.
«Билигин тута көстөр, ньиэп, гаас уонна энергетика Светлинскэйдээҕи отделениета ханнык хайысхаҕа исписэлиистэри бэлэмнээн таһаарара. Устудьуоннарга бу бэлэх, биллэн турар, киэн туттууну уонна талбыт идэлэригэр бэриниилээх буолуу санаатын үөскэтэр. «РНГ» АУо – биһиги эрэллээх индустриальнай партнербут. Талааннаах эдэр ыччаты иитэн таһаарыыга, кинилэргэ сөптөөх усулуобуйаны тэрийиигэ, материальнай-техническэй баазаны тупсарыыга киэн ис хоһоонноох уонна былааннаах үлэ ыытыллларын бэлиэтиэхпин баҕарабын», – диэн колледж дириэктэрэ Владимир Березовой санаатын үллэһиннэ.
«РНГ» АУо бу үөрэх кыһатын кытары бииргэ үлэлэспитэ хаһыс да сыла. Ол курдук, хампаанньа исписэлиистэрэ идэ таһымын үрдэтэр күрэхтэргэ эксперт быһыытынан кыттыыны ылаллар, сиртэн хостонор баайдаах сирдэргэ экскурсия тэрийэллэр, «Фабрика процессов по подготовке кадров для нефтегазовой промышленности» бырайыак чэрчитинэн лекциялары ааҕаллар.