20 декабря 2024
Хампаанньа 2 мөлүйүөнтэн тахса сууммалаах медицинскэй инструменнары атыылаһыыга уонна тиэрдэн биэрии үлэтин тэрийэр.
Көмө Мииринэй оройуонун киин балыыһатын травматология отделениетыгар оҥоһуллар. Атыылаһыллар инструменнар өттүк, иэччэх сүһүөҕэр туруорар эндопротеһы туруорарга туттуллаллар. Холобур, өттүк тостуутугар, өттүк уонна иэччэх сүһүөҕүн остеоартроз ыарыыларын эмтииргэ наадалаахтар. Сорох ыарыһахтар маннык эмтэниитэ суох өрүттэр кыахтара олус уустук буолар.
«РНГ» АУо көмө үлэтин мэлдьи тэрийэр. Бу иннинээҕи сылларга балыыһаҕа эми-тому, араас медицинскэй оборудованиены атыылаһан көмөлөспүтэ.