Улуус дьаһалтатын көрдөһүүтүнэн хампаанньа дьиэ-уот хаһаайыстыбатын тэрилтэтигэр дизельнай уматыгынан көмөлөстө.
Бу тэрилтэ көрүүтүгэр Мииринэй куоракка элбэх квартиралаах дьиэлэр бааллар. Маны сэргэ Алмаастаах бөһүөлэгэр, Арыылаах дэриэбинэҕэ дьон олорор пуондатын эмиэ көрөллөр. Олох-дьаһах хаһаайыстыбатын Мииринэйдээҕи тэрилтэтигэр дизельнэй уматык тыын боппуруос. Оҥоһуллубут көмө туһааннаах эбийиэктэргэ ыксаллаах түгэннэр тахсар түбэлтэлэригэр, ону туоратарга, улахан суолталаах буолуоҕа.
«Саха сирин усулуобуйатыгар, ордук кыһыҥҥы тымныы кэмнэргэ, коммунальнай эйгэҕэ эппиэтинэстээх кэмнэр үөскүүллэр. Улахан тымныылар түстэхтэринэ, олорор дьиэлэргэ сылааһынан хааччыйыы болҕомто киинигэр киирэр. «РНГ» АУо-ҕа көрдөһүүбүтүн ылынан тута көмө оҥорбутугар махтанабыт», – диэн улуус дьаһалтатын баһылыгын тутууга уонна олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба боппуруостарыгар солбуйааччы Игорь Видман санаатын үллэһиннэ.
Бу курдук «РНГ» АУо Мииринэй оройуонугар дьон олоҕо тупсуутугар туһуламмыт боппуруостарга мэлдьи өйөбүлүн биллэрэр.