Ааспыт сыл бүтэһигэр хампаанньа Россиятааҕы Кыһыл Кириэс тэрилтэ испиэһэгэр олоҕуран, көһүүгэ күһэйиллибит олохтоохторго харчынан көмөлөстө. Ол курдук, «РНГ» АУо салалтатын быһаарыытынан көмө сууммата улаатан 2 мөлүйүөн 600-тэн тахса тыһыынчаҕа тэҥнэстэ.
Хомуллубут суумма Россиятааҕы Кыһыл Кириэс анал счетун нөҥүө дьиэлэриттэн барарга күһэйиллибит дьиэ кэргэттэргэ ананар. Бастакы уочарат көмө пенсионердарга уонна доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоҥҥо тиэрдиллиэҕэ. Бары өттүн учуоттаан оҥоһуллубут сайаапкалар өссө ааспыт сылга, саҥа дьылы баттаһа бигэргэммиттэрэ.
Бу иннинэ хампаанньа Курскай уобалас олохтоохторугар эмиэ улахан көмө оҥоро сылдьыбыта. Көмө харчы туһааннаах дьон наадаларыгар олоҕуран таҥас-сап, продукта набора, бастакы кэмҥэ туттуллар мал-сал атыылаһыытыгар анаммыта.