Хампаанньа үлэһиттэрэ Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ыытыллар «Профессионалы» - 2023 диэн идэ таһымын, маастарыстыбатын үрдэтэр бүтүн дойдутааҕы хамсааһын чемпионатын региональнай түһүмэҕэр эксперт быһыытынан кыттыыны ылыахтара.
Мииринэйдээҕи региональнай техническэй колледжка бу күннэргэ чемпионат 6 араас хайысханан ыытылла турар: «Промышленная робототехника», «Эксплуатация сервисных роботов», «Лабораторный химический анализ», «Электрослесарь подземный», «Интеллектуальные системы учета электроэнергии» уонна «Добыча нефти и газа». Кыттааччылары «РНГ» АУо үлэһиттэрэ сыаналыыллар: гаас уонна ниэп хостооһунун отделын начальнига Валерий Дещеня, автоматизация отделын начальнига Кирилл Богданчиков, трубопроводной транспорт отделын начальнига Юрий Григорьев.
«Чемпионат кыттааччыларын таһымнарын, маастарыстыбаларын сыаналыырга биһиги сыл ахсын бу эйгэҕэ үлэлии сылдьар, дьиҥ уопуттаах, үрдүк таһымнаах исписэлиистэри кытыннарабыт. «РНГ» АУо өрүү үөрэхпит кыһатыгар өйөбүл, күүс-көмө буолар, бу да сырыыга туора турбата. Эһиги үлэһиттэргит тэрээһиммитигэр көхтөөх кыттыыны ылалларын иһин махталбытын биллэрэбит», – диэн “Мииринэйдээҕи региональнай техническэй колледж” Саха сиринээҕи Судаарыстыбаннай автономнай идэтийбит үөрэх тэрилтэтин дириэктэрэ Владимир Березовой санаатын үллэһиннэ.
Идэ таһымын үрдэтэр чемпионат региональнай түһүмэҕэр уопсайа 44 эдэр киһи кыттыыны ылар, онтон 5-һэ «Добыча нефти и газа» хайысхаҕа билиилэрин тургуталлар. Күрэхтэһии кулун тутар 21 күнүттэн 23 күнүгэр диэри ыытыллыаҕа. 3 күн устата кыттааччылар ниэп хостооһунун үлэтигэр туттуллар оборудованиеларга, трубопроводной аппаратураҕа, автоматизированнай кээмэйдиир установкаҕа, хостуур уонна ыган таһаарар (нагнетальнай) скважиналарга үлэлиир сатабылларын уонна билиилэрин тургутан көрүөхтэрэ.
«Кадровай кыаҕы сайыннарыы – хампаанньа инники уонна улахан болҕомтоҕо тутар сүрүн сыала. Талааннаах эдэр ыччаты бу эйгэҕэ сыһыарыыга уонна кинилэр үлэлииллэригэр сөптөөх тупсаҕай усулуобуйаны тэрийиигэ күүскэ ылсан үлэлиибит. Онон маннык тэрээһиннэри өйөөммүт Саха сиригэр ниэп уонна гаас хайысхатын сайыннарыыга, үрдүк таһымнаах исписэлиистэри бэлэмнээһиҥҥэ кылааппытын киллэрэбит», – диэн «РНГ» АУо генеральнай дириэктэрэ Владимир Ракитин тоһоҕолоон эттэ.
«Профессионалы» - 2023 идэ маастарыстыбатын үрдэтэр чемпионат региональнай түһүмэҕэ ыам ыйын 1 күнүгэр диэри ыытыллыаҕа. Финал сэтинньи 25-29 күннэригэр Санкт-Петербург куоракка ыытыллыаҕа.