Хампаанньа Россиятааҕы театральнай искусство институтугар (ГИТИС) харчынан көмө оҥордо. Өйөбүл чэрчитинэн, Саха сиригэр культура эйгэтин үлэһиттэригэр уонна айар үлэлээх устудьуоннар бырайыактара олоххо киирэллэригэр кыах бэриллиэҕэ.
Бырайыактар чэрчилэринэн Арктикатааҕы культура уонна искусство судаарыстыбаннай инситутун устудьуоннара уонна уһуйааччылара идэ таһымын үрдэтиигэ үөрэх ааһыахтара, маны сэргэ, ГИТИС бастыҥ, ааттаах-суоллаах маастардарыгар уһуйуллар анал стажировка былааннанар. Билигин институт Саха Өрөспүүбүлүкэтин культураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин кытары испиэһэк бэлэмниир. Холбоһуктаах программа уонна стажировкалар аны куһүн былааҥҥа киирдилэр.
«ГИТИС үчүгэй көрдөрүүлээх үлэни өрө тутар. Биһиги идэ таһымын үрдэтэр программаларбыт регионнарга улахан интэриэһи үөскэтэллэриттэн үөрэбит эрэ. Арктикатааҕы культура уонна искусство институтун кытары биһиги бииргэ үлэбитин салҕыы ыытабыт, итиэннэ туһата улаатарын курдук өссө кэҥэтэр былааннаахпыт. «РНГ» АУо-ҕа махталбыт муҥура суох, чуолаан бу тэрилтэ өйөбүлэ баар буолан, биһиги Арктикатааҕы институту кытары биир ситимнээхтик үлэлиибит. Быйылгы сыллааҕы үлэ былаана көрдөрөрүнэн үтүө үгэс салҕанар», – диэн ГИТИС ректора Григорий Заславский бэлиэтээн эттэ.
Маны сэргэ, бииргэ үлэлэһии чэрчитинэн, билигин ГИТИС сценаристара уонна режиссердара Арктикатааҕы культура уонна искусство институтун устудьуоннарын кытары холбоһуктаах дипломнай испиктээкиллэри туруоруохтара, билигин ырытыы, дьүүллэһии барар.
«Искусство кэрэ эйгэтэ улахан куораттарга эрэ буолбакка, дойду атын регионнарыгар эмиэ сайдыахтаах. Ол туһугар биһиги кыһаллабыт, ГИТИС бырайыактара манна холобур буолаллар. Саха Сирин айар үлэлээх дьонноругар, региоҥҥа культура эйгэтэ сайдыытыгар, саҥа көҕүлээһиннэри олоххо киллэриигэ бу ыытыллар үлэ төһүү күүс буолуо диэн бигэ эрэлллээхпин», – диэн «РНГ» АУо генеральнай дириэктэрэ Владимир Ракитин санаатын үллэһиннэ.