Хампаанньа коммерческэйэ суох тэрилтэҕэ өрүү үбүнэн-харчынан көмөлөһөр, маны таһынан, бэрт соторутааҕыта пуонда араас наадатыгар туһанарыгар диэн төлөбүрэ суох транспорт анаата.
Элбэх сыл устата «Дом с маяком» пуонда ыарахан ыарыылаах оҕолорго уонна оҕо хоспистарыгар өйөбүл буолар. Бэрт соторутааҕыта тэрилтэ Москватааҕы хоспис үбүлүөйүн бэлиэтээтэ. Манна үөрүүлээх тэрээһин чэрчитинэн, үтүөнү оҥорор сыаллаах аһымал симфоническэй концерт буолан ааста. Кэнсиэртэн киирбит үп хоспистары хааччыйыыга ананыаҕа уонна кыһалҕаҕа хаарыйтарбыт дьиэ кэргэттэргэ көмөҕө туһаныллыаҕа. Тэрээһиҥҥэ пуонда партнердара, кинилэр истэригэр хампаанньа бэрэстэбиитэллэрэ, кыттыыны ыллылар.
«”РНГ” АУо финансовай көмөтө баар буолан эпиэкэҕэ сылдьааччы дьоммутун аныгы кэм ирдэбилигэр эппиэттиир оборудованиенан, эминэн-томунан уонна анал аһынан хааччыйабыт. Пуонда аатыттан, буор босхо корпоративнай массыына анаабыккыт иһин махталбытын биллэрэбит. Транспорт көмөтүнэн улахан, ол курдук, ыарахан туруктаах ыарыһах оҕолорбутугар араас наадалаах малбытын таһабыт», – диэн пуонда толорооччу дириэктэрэ Елена Куперштох санаатын үллэһиннэ.
«Дом с маяком» аһымал пуонда 2018 сыллаахха тэриллибитэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ 400 исписэлиистээх уонна 500 волонтердаах. Пуонда көмөтүн сыл ахсын хас эмэ тыһыынчанан дьиэ кэргэн туһанар. Кинилэр буор босхо эмтэнэллэр, социально-правововой, психологическэй уонна аһымал өҥөлөрүнэн хааччыллаллар.