Хампаанньа социальнай-экономическэй сөбүлэҥҥэ олоҕуран Мииринэй оройуонун «Ботуобуйа» уонна «Сулакыыт» общиналарыгар харчынан көмөлөстө.
Көрүллүбүт харчыны аҕыйах ахсааннаах хотугу норуот бэрэстэбиитэллэрэ бултуур сирдэрин көрүүгэ-истиигэ анаан вездеходнай техника уонна уматык атыылаһарга туһаныахтара. Бу иннинэ, эмиэ көмө харчынан, «Ботуобуйа» түмсүү бэрэстэбиитэллэрэ Таас-Үрэххэ ыһыах түһүлгэтигэр аҕыйах ахсааннаах норуот олоҕун-дьаһаҕын билиһиннэрэр, үгэстэри кэпсиир анал ураһа туппуттара.
«РНГ» АУо уонна «Ботуобуйа», «Сулакыыт» түмсүүлэр икки ардыларыгар киэҥ хабааннаах, ыкса ситимнээх үлэ аҕыйах ахсааннаах хотугу норуот культурнай нэһилиэстибэтин уонна тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа улахан көмөлөөх.