Перейти к основному содержанию

«РНГ» АУо аатыттан Саха сирин ууга былдьаммыт нэһилиэнньэлээх пууннарыгар көмө туттардылар

20 мая 2024

Халаан уутуттан эмэсэҕэлээбит Нам оройуонун олохтоохторугар бастакы кэмҥэ туттуллар маллаах гуманитарнай көмө тиэрдилиннэ. Набордар хампаанньа уонна Россиятааҕы Кыһыл Кириэс бүтүн дойдутааҕы общественнэй тэрилтэ икки ардыгар түһэрсиллибит бииргэ үлэлэһии сөбүлэҥэр олоҕуран оҥоһулунна. Санатан эттэххэ, бу сөбүлэҥҥэ олоҕуран Дьокуускайга ыксаллаах быһыыга анаан көмө оҥоһуллар анал пуонда тэриллибитэ.

Саха сиригэр сааскы халаантан сылтаан региональнай таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэһиимэ биллэриллэн турар. Ордук ыарахан балаһыанньа Өрөспүүбүлүкэ үс улууһугар, Өлүөхүмэҕэ, Намҥа, Ньурбаҕа, бэлиэтэнэр. Холобур, Нам улууһугар халаантан 9 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа олохтоохтор эмсэҕэлээтилэр.

«РНГ» АУо үбүлээһинин туһанан Россиятааҕы Кыһыл Кириэс Саха сиринээҕи салаата ыксаллаах быһыы-майгы тахсыбыт сиригэр эмсэҕэлээбит дьоҥҥо гуманитранай көмөнү суһаллык тиэртилэр.

Нобуордары талыыга уонна ыытааһыҥҥа ыксаллаах быһыыга көмө буолар олохтоох хамаанда доброволецтара үлэлээтилэр. Кинилэри бэлэмнээһин – хампаанньа уонна Россиятааҕы Кыһыл Кириэс бииргэ үлэлэһиилэрин сүрүн чааһа.

Теги