Перейти к основному содержанию

Ньиэп уонна гаас үлэһиттэрин күнүнэн «РНГ» АУо Генеральнай дириэктэрэ Владимир Ракитин эҕэрдэтэ

30 августа 2024

Убаастабыллаах коллегалар, бар дьонум!

Эһигини ньиэп уонна гаас промышленноһын үлэһиттэрин күнүнэн ис сүрэхтэн эҕэрдэлиибин!

Хас биирдии хампаанньа үлэһитигэр, уопсай дьыалаҕа үтүө суобастаах сыһыаҥҥыт иһин, барҕа махталбын тиэрдэбин. Эһиги үлэҕэ кыһамньыгыт улахан убаастабылы ирдиир. Бары биир сомоҕо буолан, түмсэн хампаанньа сайдыытын туһугар туруулаһабыт. «РНГ» АУо хаһан да уустуктартан саллыбат, күүстээх санаалаах. Иннибитигэр өссө да саҥа тахсыылар күүтэллэр.

Биһиги сыалбыт-сорукпут олоххо киириитигэр биир тыыннаах хамаанда улахан көмө буолар, баараҕай бырайыактарбыт олоххо киириилэригэр күүстээх санааны эбэр.

Хампаанньа бары үлэһиттэригэр, промышленность эйгэтин бэтэрээннэригэр ситиһиилэри, кытаанах доруобуйаны баҕарабын. Дьолу-соргуну тус бэйэҕитигэр уонна чугас дьоҥҥутугар!

Уонна үгэс быһыытынан – куттала, саахала суох үлэни!

Теги