Перейти к основному содержанию

Мииринэй куоракка «РНГ» АУо куоракка бэлэх оҥорбут оҕо былассааккатын үөрүүлээх арыллыыта буолла

04 сентября 2023

Тэрээһиҥҥэ Мииринэй куорат баһылыга Алексей Тонких, хампаанньа салалтата уонна куорат олохтоохторо кыттыыны ыллылар.

Аныгы тутуулаах былассаакка Тихонов аатынан уулуссаҕа дьэндэйдэ. Тутууга сүрүн үлэни хампаанньа иһинэн үлэлиир тэрилтэ оҥордо. Кылгас кэм иһигэр араас саастаах оҕолорго анаммыт аныгы оонньуур, сынньанар сир хаачыстыбаны үрдүк таһымҥа тутан оҥоһуллан таҕыста.

1870 кв. миэтирэ иэннээх сиргэ оонньуур комплекстар, сыырдар, хаачыаллар, кумахтаах сир, спортивнай тэриллэр турдулар. Регион климатын учуоттаан былассааккаҕа анал эрэҺиинэ матырыйаал тэлгэннэ.

Былассаакка үөрүүлээх арыллыытыгар мас олордуута ыытылынна. Хампаанньа салалтата, бу оҕо-уруу сынньанар сирэ, Мииринэй оҕолоругар саамай сөбүлүүр сирдэрэ буолуо диэн эрэллээхтэр. Хампаанньа бэрэстэбиитэллэрэ былассаакка туругун бэйэлэрэ көрө-истэ сылдьыахтара.

Теги