Перейти к основному содержанию

ГИТИС уонна АГИКИ театральнай оскуолалара Дьокуускайга «РНГ» АУо өйөбүлүнэн дьарыктары ыыталлар

24 сентября 2024

Хампаанньа Москваттан кэлбит уһуйааччылар уонна устудьуоннар айаннарын, олорор сирдэрин төлөбүрүгэр харчынан көмөлөстө.

Россиятааҕы театральнай искусство института (ГИТИС) уонна Арктикатааҕы культура судаарыстыбаннай институтун кытары (АГИКИ) көһө сылдьар театральнай оскуола дьарыктарын ыытар. Икки үрдүк үөрэх кыһаларын устудьуоннара артыыс маастарыстыбатыгар, сыанаҕа саҥарыыга, туттууга-хаптыыга үөрэнэллэр.

Бэлэмнэниигэ А.С.Пушкин «Станционный смотритель» айымньыта талыллыбыт. Театральнай оскуола түмүктүүр үлэтин күнүгэр, балаҕын ыйын 28 чыыһылатыгар, поэт 225 сыллаах үбүлүөйүн көрсө туруоруллубут айымньы дьон дьүүлүгэр тахсыаҕа.

«ГИТИС театральнай оскуолата үлэтин чэрчитинэн дьарыктары ыытарга көмөлөһөр, бу дьарыктары биһиги уһуйааччыларбыт ыыталлар. Бырайыак өссө үчүгэйэ диэн, уопут атастаһыыта сүрүн оруолу ылар. Биһиги АГИКИны кытта ыытар холбоһук бырайыактарбытын «РНГ» АУо мэлдьи өйүүрүгэр махталбытын биллэрэбит. Бу барыта устудьуоннарга олус интэриэһинэй уонна туһалаах”, – диэн ГИТИС ректора Григорий Заславский эттэ.

Теги