Хампаанньа музыка искусствотын сайдыытын пуондатын кытары бииргэ үлэлэһии тиһигин чэрчитинэн Дьокуускай куоракка ыытыллыбыт 3 кэнсиэрди үбүлээбитэ. Тыыннаах доҕуһуоллаах музыка кэнсиэрин, проект быһа эфирга холбонуутун уопсайа 2 мөлүйүөн курдук киһи көрбүтэ.
Фестиваль бириэмэтигэр эдэр ырыа айааччылар Рахманинов С. В. айымньыларын саҥалыы тыыннаан, араас көлүөнэ музыканнарын толоруутугар иһитиннэрбиттэрэ. Хас биирдии толоруу Владимир Онуфриев, Наталья Базалева уонна маэстро Фабио Мастранджело салайааччылаах «Symphonica ARTica» симфоническэй оркестр доҕуһуолугар уйдаран, элбэх киһи сэҥээриитин ылбыта.
Маны сэргэ, баҕалаах дьоҥҥо анаан «сольное фортепиано» уонна «академический вокал» диэн маастар-кылаастар буолбуттара. Маастар-кылаастары норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурустар лауреаттара Илья Папоян уонна Олеся Петрова ыыппыттара.
««РНГ» АУо-ҕа «Мой Рахманинов» бырайыакпытын өйөөн, киэҥ дьүүлгэ тахсарыгар күүс-көмө буолбутугар ис сүрэхпиттэн махтанабын. Бииргэ үлэлэһии түмүгэр, Саха сиригэр культура эйгэтин сайдыыта саҥа, үрдүк таһымҥа тахсарыгар кыах биэрдэ. Өссө даҕаны саҥаттан саҥа хамсааһыннарынан, кэнсиэртэринэн Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун үөрдэ туруохпут», – диэн музыкальнай искусство сайдыытын Пуондатын Президенэ маэстро Фабио Мастранджело санаатын үллэһиннэ.