«РНГ» АУо иккис сылын турнир партнерун быһыытынан кыттыыны ылар уонна тэрээһиҥҥэ үбүлээһини оҥорор.
Өй күрэстэһиитэ Национальнай художественнэй музей саалатыгар тохсунньу 22 күнүттэн олунньу 1 күнүгэр диэри ыытылынна. Уопсайа турнирга 58 спортсмен кыттыны ылла, мантан алтата норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах гроссмейстердар, кинилэр дойду 11 регионуттан бэрэстэбиитэл быһыытынан кытыннылар.
Маны сэргэ, баҕалаах дьоҥҥо анаан саахымакка маастар-кылаастар ыытылыннылар, тренердарга таһымы үрдэтэр куурустар уонна судьуйаларга анаан семинардар буолан аастылар.
«Бу маннык ыытыллар тэрээһиннэр Өрөспүүбүлүкэҕэ саахымат көрүҥүн сайдыытыгар, үүнэр көлүөнэ ыччаты бу көрүҥҥэ сыһыарарга төһүү күүс буолуохтара диэн бигэ эрэллээхпин. «РНГ» АУо-ҕа күрэстэһии ыытыллыытыгар көмөҕүт уонна өйөбүлгүт иһин махталбытын биллэрэбит», - диэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин саахымакка федерациятын президенэ Владимир Егоров санаатын үллэһиннэ.