Сыл са5аланыыта хампаанньа общественнэй тэрилтэҕэ Москва куоракка үлэлиир дьиэ кэргэҥҥэ оҕону ииттэ ылыы оскуолатын өйүүргэ уонна психологическэй көмөнү оҥорорго диэн анал үбүлээһини көрбүтэ.
Дьиэ кэргэни сайыннарар институт (ИРСУ) 2012 сыллаахтан үлэлиир. Бүгүҥҥү күҥҥэ тэрилтэ дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитэ ылыы боппуруостарыгар, приемнай дьиэ кэргэттэргэ өйөбүл буоларга Россия үрдүнэн биир бастыҥ көрдөрүүлээх тэрилтэ быһыытынан биллэр. ИРСУ биир сүрүн бырайыага – оҕону дьиэ кэргэҥҥэ иитэ ылар төрөппүт оскуолата. Программа чааһынай дьон, тэрилтэлэр бэйэлэрин баҕаларынан оҥорор үбүлээһиннэрин көмөтүнэн үлэлиир. Быйылгы сылга бу оскуолаҕа анал дьарыктарга 500 кэриҥэ киһи сырытта, бу уопсай ахсааҥҥа 25 бөлөх тахсар.
«Оҕону дьиэ кэргэҥҥэ ииттэ ыларга бэлэмниир оскуола киэҥ билиниини ылар, манна оннооҕор кандидаттар анал куурус ааһаарылар уочаракка тураллар. Биһиги партнердарбытыгар махталбыт мунура суох. Инникитин өссө күүскэ үлэлэһэн тулаайах оҕо дьиэ кэргэҥҥэ иитиллиитин ахсаанын өссө үрдэтиэхпит, элбэх оҕо төрөппүттээх буолуо диэн бигэ эрэллээхпин», – бу курдук бэйэтин санаатын дьиэ кэргэн сайдыытын институтун дириэктэрэ Анастасия Евсеевичева саанаатын үллэһиннэ.