Кинигэ сүрэхтэниитин тэрээһинэ Дьокуускай куоракка Өрөспүүбүлүкэтээҕи медиа кииҥҥэ ыытылынна. Тэрээһиҥҥэ СӨ транспортка уонна суол-иис хаһаайыстыбатыгар миниистири солбуйааччы Ольга Рафаилова кыттыыны ылла.
Кинигэ түһүмэхтэринэн араарыллыбыт, уопсайа 4 чаастан турар. Партнерство анал чааһыгар «РНГ» АУо бөлөҕөр киирэр тутуу тэрилтэтин туһунан туспа балаһа суруллубут. Ол курдук, «ЯкутСтройПроект» уонна «Бүлүү» федеральнай суол салалтатын бииргэ үлэлэһиилэрин түмүгэр, Саха сирин территориятыгар хас да баараҕай инфраструктурнай бырайыактар олоххо киирэн үлэлии тураллар: Мииринэй уонна Сунтаар оройуоннарыгар муосталар, Ленскэй уонна Мииринэй оройуоннарын икки ардыгар аныгы ирдэбилгэ толору эппиэттиир айан суоллара туттулуннулар.
«“РНГ” АУо – биһиги үтүө суобастаахтык үлэлиир, бигэ эрэллээх партнер хампаанньабыт буолар. Кини көмөтүнэн уонна өйөбүлүнэн Саха сирин Мииринэй уонна Ленскэй оройуоннарыгар суол инфраструктуратын сайыннарыыга, суолга куттала суох айаны хааччыйыыга киэҥ хабааннаах үлэ ыытылынна», – диэн «Бүлүү» федеральнай суол салалтатын салайааччыта Николай Андреев санаатын үллэһиннэ.