07 марта 2025
Күндү кэрэ аҥардар!
Ис сүрэхтэн Аан дойду дьахталларын күнүнэн итии-истиҥ эҕэрдэтэ тутуҥ!
Эһиги Аан дойдуну кэрэнэн симиигит, ураты нарын иэйиинэн толороҕут, дьолу эрэ түстүүгүт.
Эһиэхэ сааскы үтүө настырыанньаны, үтүөнү, ситиһиини баҕарабыт! Олоххут хас биирдии түгэнэ тапталынан толору буоллун, сылаас иэйиинэн илгийдин, дьолунан туоллун!