«РНГ» АУо «Живые алмазы Якутии» айылҕа пааркатын кытары 2014 сылтан бииргэ үлэлиир. Заповедник Өрөспүүбүлүкэ Мииринэй оройуонугар тэриллибитэ.
Хампаанньа паарка олоҕор көхтөөх кыттыыны ылар, сыаллаах-соруктаах үлэни ыытар. «РНГ» АУо уонна хампаанньа иһинэн үлэлиир «СюльдюкарНефтеГаз» тэрилтэ иккиэн кыттыһан пааркаҕа экологическэй кэтээн көрүүлэри уонна научнай үлэҕэ диэн «ТРЭКОЛ» вездеходу бэлэхтээтилэр.
Маны таһынан, «РНГ» АУо кыыллары аһынан хааччыйыыга эмиэ киэҥ хабааннаах үлэни ыытар. Холобура, атын оройуоннартан оту тиэйиигэ транспорынан көмөлөһөр уонна да атын астары, балыгы атыылаһарга сүҥкэн көмөлөөх.
Сиһилии «Якутия. Инфо» сетевой таһаарыы порталыгар ааҕыҥ